Хайыахтарай, дьиэлэрин дуомун түннүгүн туора-маары саайбыта буолаат, сарсыарда күн тахсыан иннинэ, кимтэн эрэ күрээн эрэрдии, олбуордарыттан тахсан барбыттара. Дэриэбинэ саҕатыгар тиийэн ийэтэ эргиллэн бырастыылаhаары гыммытын, Бүөтүр эргилиннэрбэтэҕэ:
– Түөн да саҕа кыра үтүө санаа иҥмэтэх сириттэн баран эрэбит, ийээ! Эргиллимэ! Куhаҕаны батыhыннарыма! – диэт, ийэтин санныттан сэмээр өйөөн, иннин диэки дэллэритэн илдьэ бара турбута.
Аара суолга биир тоҕойго тохтоон сынньаммыттара. Ийэтэ барахсан, үгэhинэн, сиригэр алаадьы уурбута, уолун хатаҕалыы сатаабыта. Онно Бүөтүр ийэтин икки илиитин ыга тутан, ньилбэгэр умса түһэрэн, кыра эрдэҕинэ оҕону кытта боруоктаhан кэлэн баран ытыырын курдук, уйа-хайа суох ытаабыта. Ийэ барахсан санна ибигирээн тэҥҥэ саҥата суох ытаспыта, уолун төбөтүн, саннын уоскуйуор диэри имэрийээхтээбитэ.
Онтон аргыый саҥа таhаарбыта:
– Тоойуом, Бүөтүккэ, көр эрэ, күммүт сандаара таҕыста. Көр, көр, тулаҕын. Эчи кэрэтиин!
Бүөтүр уу-хаар баспыт хараҕынан тулатын көрүммүтэ: чахчы да айылҕа уhуктан, тула өттүлэрэ сырдаан, барыта күлүмүрдээн, араас өҥүнэн ыhыахтана оонньуурга дылы этэ.
– Чыычаах, хараҥа түүн кэнниттэн Орто дойду араҥаччыта буолбут аламай маҥан күн хайаан да тахсар. Ол курдук куhаҕан эмиэ, төһө да ыар буоллар, түүн курдук ааhар. Эн санааҕар куhаҕаны тутума, иэстэhиэм, өлөрүөм, өһүөннүөм дии саныы сырыттаххына, киhи буолбакка, кии буолуоҥ, оттон үтүөҕэ, сырдыкка эрэ дьулуhар киhи мэлдьи ыраас санаалаах буолар. Таҥара баар, барытын көрөр, барытын тэҥниэ. Мин оҕом тулуурдаах саха саарына буолуо! – хаhан да итиччэ элбэҕи саҥарбатах ийэтэ эппититтэн-тыыммытыттан Бүөтүр чахчы да соhуйбута.
Ийэтин сүүhүттэн сыллаан ылбыта уонна кууhан олорон: «Ийэм барахсаны аны хаhан да хомотуом суоҕа, кини туhугар үлэлиэм, олоруом, тугу барытын ситиhиэм!» – диэн бэйэтигэр андаҕайбыта.
Син инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан куораты булан, арыт олбуор иһин харбаан, арыт тутууга оробуочайдаан, кэлин суоппардаан, ону ааһан өссө кэтэхтэн үөрэнэн, тыа хаhаайыстыбатын объектарын тутууга тос курдук тойон буола үүммүтэ. Барыны бары сатыыра, барыны бары кыайара, ол эрээри кэргэннэнэр туhунан биирдэ да толкуйдаабатаҕа. Саар тэгил уҥуохтаах, куудара баттахтаах, ис киирбэх саха саарынын ымсыыра көрөөччү кэрэ аҥаар элбэх этэ да, киhилэрэ дьилэй эттээх, тоҥ сүрэхтээх буолан биэрбитэ. Куоракка олоруохтарын, ийэтэ тыа сирин ахтара бэрдиттэн, бу илин эҥээри булан үлэлээбитэ уонча сыл буолла. Үлэтин билэр, сөбүлүүр, сирдэрбэт. «Биhиги Кынаачайабыспыт» аҕай дэтэн сылдьар.
Урукку олоҕо түүл буолан умнуллубута, хаhан да ахтыллыбата. Уонна дьэ бу бүгүн, этиІ эппитин курдук, Уордаахаптар сыдьааннара кини боруогун атыллаатаҕа үһү!
– Араспанньаҥ тоҕо Уордаахап буолбатаҕый?
Эмискэ ыйытыыттан Дьулус соhуйан ходьох гынна.
– Ээ… Эн мин эhэбин билэҕин дуо?
– Билэр этим… Хаhан эрэ, эн сааскар сылдьан дуу, өссө эдэрим эбитэ дуу… Дьэ, хата хайаан Уордаахап сиэнин мин курдук киhийдэххэ көҥүллээн ыытта?
– Эhэбин мин билбэппин ээ. Өлбүтэ ыраатта, мин кыра эрдэхпинэ, өйдөөбөппүн. Эбэни эмиэ өйдөөбөппүн. Ийэм миигин кинилэргэ хаhан да илдьибэтэҕэ.
– Хантан тугу да өйдөөбөт киhи баар буола түстүҥ, ээ?! – Бүөтүр, бэйэтиттэн ыйытарын эбэтэр уолтан ыйытарын билбэккэ, саҥатын ыган таhаарда уонна сурукка умса түстэ.
«Күндү Петя! Бука баhаалыста баалаабаккар көрдөhөбүн! Олоҕум тиhэх мүнүүтэтигэр эн ааккын ааттаан, эйиэхэ эрэ эрэнэн бу Орто дойдуттан баран эрдэҕим… Петя, туох да диэ, баҕар үөх, баҕар кыраа… Мин сүрэхпэр таптал уотун сахпыт, ол уотунан угуттаан өр сылларга олох олорорго күүс-уох биэрбит – эн эрэ. Эйигин таптыырым күүhүнэн өссө да олох олоруом, оҕобун атаҕар туруоруом эбитэ буолуо да, Дьылҕа Хаан кытаанах: куhаҕан ыарыыга ылларан баран эрэбин. Ол иhин бу сурук суруйарга сананным. Өйдүүбүн, мин дьонум эhигини дьон аатыттан аhарбыттарын кэннэ эйигиттэн тугу да көрдөhөр кыаҕым да, быраабым да суоҕун… Ол эрээри итэҕэйэбин, эрэнэбин бу көрдөhүүбүн быhа гыныа суоҕа диэн. Бу сыллар тухары кимиэхэ да эппэккэ, соҕотох бэйэм биэбэйдээн улаатыннарбыт уолум – эн биhикки тапталбыт туоhута. Бу суругу тиксэрбит оҕо – ол эн уолуҥ! Дьахтар буолбут үрдүк ааппар биир оҕону таптыыр киhибиттэн төрөттөҕүм. Дьолум диэн ол буоллаҕа! Атаҕар турарыгар, киhи буоларыгар көмөлөс дуу, дурда-хахха буол! Үҥэн-сүктэн көрдөһөбүн. Турар бэйэтэ соҕотох хаалаахтаата. Анараа дьону кытта билиhиннэрбэтэҕим, кинилэр даҕаны аата-суола барбыт кыыстарын кытта ыксалаhыахтарын баҕарбатахтара. Аҕам өлөөтүн кытта уолаттар, иhэн-аhаан, муспут баайын-дуолун ый ыhыаҕа оҥорбуттара. Ийэм тулуhа сатаан баран, куоракка киирэн миэхэ олорсоору гынан иhэн, ыалдьарбын билэн, эмиэ икки атаҕынан куоппута. Оҕом барахсан ыарыылаан баччаҕа диэри кэллим. Дьүһүнүнэн да, майгытынан да эн курдук: кыраҕа үөрүнньэҥ, аhаҕас сүрэхтээх, көнө.