Маришка ийэлээх аҕата холбоһон баран, баара-суоҕа биэс эрэ сыл олорбуттар. Быар ыарыһах буолан, эрдэ суорума суолланаахтаабыт. Саатар ыалдьарын сэрэйэр эрээри, балыыһа диэҥҥэ биирдэ да көрдөрүммэтэх. Хаама сылдьан охтубут, ол кэннэ үс эрэ хоноохтообут. Аҕалара өлбүтүгэр Маришка эбэлээх эһэтэ кэлэ сылдьан, ийэлэрин дэлби буруйдаабыт, үөҕэн-таныйан барбыт сурахтаахтара. Онтон сиэттэрэн Мэҥэ Хаҥаласка баар аймахтарын кытта билигин билсиспэттэр. Ийэлэригэр этэн көрөллөр да, бэйэлэрэ тэйиппиттэрэ, онно баран сыҥаланаары гынаҕыт дуо диир. Анараа да дьон сиэттэрбит эһиги бу бааргыт ээ диэн биирдэ да билсибэтэхтэрэ, эгэ кэлэ сылдьыахтара дуо? Онон тыыннаах тулаайаҕа буолан олорон кэлбиттэрэ сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Хата, дэриэбинэлэрин дьоно, ыаллара бэркэ өйөөн бу бур-бур буруо таһаарынан ыал аатын ылан олордохторо.
Дьиҥэр, Наадьаны бастакы билсиһииттэн, өссө ыал буола иликтэринэ, Уйбаныаптар атарахсыта көрсүбүттэрэ. Кинилэр уоллара, үрдүк үөрэхтээх историк учуутал, ханнык эрэ төрдө-ууһа суох дайаарка кыыһы кэргэн ылбытыттан олус диэн аймаммыттара, бэйэлэрин уолларыгар тэҥнии көрбөтөхтөрө. Кэлэйбиттэрэ бэрдиттэн көрсүһүү, сыбаайба да диэни тэрийбэтэхтэрэ. Саатар Наадьа тулаайах буолан, улахан аймаҕа, уруута суох этэ. Баай баайга тардыһар дииллэринии, Уйбаныаптар аймах кийииттэрэ, күтүөттэрэ бары кэриэтэ түс-бас дьон оҕолорун кытта уруурҕаһаллара. Арай бу баай-талым олохтоох дьоҥҥо хара тураах кэриэтэ буолан, Наадьа барахсан кийииттии кэлээхтээбитэ. Детдомҥа улааппыт кыыс баай, уурунуу харчы диэнэ хантан кэлиэй? Онуоха эбии уҥуоҕунан кырата, дьүһүнүнэн харата ханан да халыҥ аймах Уйбаныаптарга, Күөх Кэтириинэ сыдьааннарыгар, кылбаа маҥан сиэннэригэр, соруйан айылҕа анаан төрөппүтүн курдук, тэҥэ суох курдуга.
Ол эрээри Руслан ыйаастыгас соҕус хап-харанан чоҕулуччу көрбүт сэмэй, нарын бэйэлээх Наадьа кыыһы көрүөҕүттэн, хара маҥнайгыттан таптаабыта. Кыыс бэйэтин сэнэнэ үөрэммититтэн, килбигиттэн эбитэ дуу, аан бастаан уолтан куота, тэйэ сылдьыбыта. Кэлин уһугар баар баара бүкпэт буоллаҕа, икки таптаһар сүрэх тоҥ буору тобулу үүнэн тахсар сааскы ньургуһуннуу, ыраас санаанан, истиҥ иэйиинэн ыал буоларга санаммыттара. Төһө да аймахтара утардаллар, биэс сыл устата дьоллоохтук олорбуттара. Руслан киһи кэрэмэһэ этэ: хаһаайын бэрдэ, майгылаах бастыҥа, оҕомсоҕо, үлэһит үтүөтэ, өй-мэйии мааныта уонна, туох кистэлэ кэлиэй, дьүһүнүнэн ыраас бэйэлээх, сиртэн-буортан тэйбит, Орто дойду олоҕор тэҥэ суох аанньал курдуга. Кинини киһи тута көрөөт, дьону ытыктыыр, сыаналыыр кистэлэҥ ураты көстүүлээх диэн билэр дьоно бэлиэтээччилэр. Аҕыйах сыл иһигэр Мырыла биир бастыҥ ыалларын ахсааныгар киирэ охсубуттара. Бастакы улахан дьиэ, матасыыкыл кинилэргэ эрэ баара. Кэлин Руслан өссө массыына ылар баҕа санаалааҕа. Олохтоохтор кинини ытыктаан Уйбаанабыс диэн ыҥыраллара. Өлөр сылыгар оскуола дириэктэринэн анаммыта…
Буолар буолтун кэннэ хайаахтыай, өлбүтү кытта өлөн барсыбыт суох. Оҕолорун туһугар утуйар уутун умнан туран, Наадьа эрэйдээх ферма хара үлэтигэр умса-төннө түспүтэ. Хаста даҕаны бастыҥ ыанньыксыт аатыран, хомсомуол бириэмийэтинэн наҕараадаламмыта, үрүҥ илгэ үс сыллаах кубогын хаһаайката буолан, биирдэ улуу Москуба куоракка күүлэйдээн кэлэр үрдүк чиэскэ тиксибитэ. Онно Наадьа барахсан биир сүөм үрдээн, үлэттэн дьоллонор үөрүү үлүскэнин билбитэ үчүгэй да этэ.
Ама да ааспытын иһин, чугас киһитэ суох тыйыс кэмнэр ааспыттара. Дьон үтүө сыһыана суох, арааһа, Наадьа бу ыарахаттары барытын тулуйуо суоҕа эбитэ буолуо.
Оо, ийэм эрэйдээх… Маришка үөһэ тыынан ылла. Кини эрэ курдук дьылҕаламматах киһи…